Сүрүн талба (Меню)

Талыллыбыт (избранное)

(Сааскы санаалар.) PDF Печать E-mail
23.03.2009 01:54

Уххан

(Сааскы санаалар.)


Саас кэллэ
Саас кэллэ,
эппэр­-сииммэр
саас эбилиннэ.


Саас кэллэ,
санныбар іссі биир
хаар уулла.

Саас кэллэ,
аламай кµнµм
арылы сырдыгар

Саас кэллэ,
А±а Халлаан
айар тыыныгар

Саас кэллэ,
сµрэхпэр иэйии
имэІирэ иитиллэр.

Саас кэллэ,
дууґабар санаа
дьалыІыра тыллар.

Саас кэллэ,
тоІмут ирэр,
утуйбут уґуктар

Саас кэллэ,
Туох барыта
µµнэр, µіскµµр

Саас кэллэ,
Айыл±а тыынар тыына
илэ дьэ тиллэр

Саас кэллэ,
Саас кэллэ…

Сааґын куруук тылла

Сааґын куруук тылла
СаІалыы кірµІ оло±у,
Хоґуттан, саІаттан табылла,
Кэхтибэт кэрэттэн са±ылла!

Сааскы санаа арылхай
Харах саатар ча±ылхай.
Ґірэ-кіті уулла мичилийэ
Сµттэ кыґыммыт мэлийэ.

Ууллар хаарым кµлµм-аллар
Тула іттµм мичик-аллай.
Сыккыс уута сыґыгырыыр,
Кµрµлгэн кµлэн 굴µгµрµµр.

Хайдах µірµім суо±ай?!
Харалдьыкка ньургуґун,
Харахтарбар мандар уруґуй,
Хампа кµі±µнэн уунар уруй!

****

Кірµµй ол барахсаны..


Кірµµй ол барахсаны,
Чооруос чобуоххайбыт
Кыґыл туоґахта тібітµн
Кылахачыта чуочайбыт.

Туллук µірэ туругурбут
ҐрµІ кімµс солотуу
Ґргµірµнэн µірдээри
Ґір䵴эн µімэхтэспит.


ХаллааІІа хара тураах
Хаа±ыргыыра да хай±аллаах.
Сахсыр±а да саа±ыныыра
Саныахха кытта астык.
***
Саас эйигин саІаттан айда!

Кµн кµлэр, Сир ийэ иэрийэр
Таммах тµґэр, чопчу мичилийэр,
Чалбах эмиэ кµлэр
Элэккэй-эйэ±эстэй!

Сайан киирэр сайа±астай
Сааскытыйыы саймаархай

Амарах дууґа аґа±астай
Дуоґуйар сµрэх алама±ай.
Кµн иэдэспин сыллыыр
ХатыІІа ымыы ыллыыр

Хайдах µірµім суо±ай?!
Харалдьыктаах халдьаайыбар
Сааскы тиллии салаллан
Сайан тийэн кэлбититтэн!

Сааґын куруук тылла
СаІалыы кірµІ оло±у!
Сааґын куруук тиллэ
СаІалыы тыллыІ олоххо!

Сааґы кытта тэІІэ тиллэ
Сайдар санаа кэллэ илэ.
ТыллыІ, µµнµІ сайда!
Саас эйигин, саІаттан айда!

 

Добавьтe Ваш комментарий

Ваше имя (псевдоним):
Ваш сайт:
Заголовок:
Комментарий: